Lyrics: Решетников Латис Артурович
Music: Борисов Андрей Сергеевич
Эйиигин көрөммүн сөбүлээн
Эйиигин эрэ мин таптаан
Олохпун эйиэхэ мин аныыбын
Ынырык күүскэ мин таптыыбын
Субу аттыгар мин баар буолуом
Таптал туһугар аламай таас булуом
Олус эйэҕэс мичээргинээн
Барыта улахан эрэйинэн
*Хара харахчаан кэрэ да кыысчаан*
Олохпун эйиэхэ эрэ анаан
*Билиэм булларбын харахтаргыттан*
Эн мин сүрэхпин, олус кыҥаа
Саҥа күн, саҥа олох
Бары күннэр биир курдук
Солбуттан халыйбатарбын миэхэ күүстэ ук
(А)
Атахпар туран барыам
Айыылартан сүбэ ылыам
Туох баар үөрүүгүн миэхэ кэпсээн, эйиигин мин истиэм
*Хара харахчаан кэрэ да кыысчаан*
Олохпун эйиэхэ эрэ анаан
*Билиэм булларбын харахтаргыттан*
Эн мин сүрэхпин, олус кыҥаа