Lyrics: Черкашина Екатерина Петровна/Попов Эрхаан Матвеевич
Music: Сидоров Сергей Софронович
таптаатым эйигин
ууллардын сүрэхпин
аптаатын тулабын
тупсардын олохпун эн
эн сырдык хараххын
эн нарын куоласкын
таптаатым ыллаатым
дьол минньигэс амтанын
эн миэхэ кэл, куус
утары турабын ыл, тут
сүрэхпин букатын
өйбүн мин сүтэрэммин
дьоллонон көтөн хаалыах эбиппин
эн миэхэ кэл, куус
утары турабын ыл, тут
сүрэхпин букатын
өйбүн мин сүтэрэммин
дьоллонон көтөн хаалыах эбиппин
эйигин кытары мин дьолу биллим
сөбүлүүр киинэҕэр курдук мин тиийэн кэллим
сүрүн оруолу олоххор ооньуохпун
ньургууһуннуу дууһаҕар тыллыахпын
сүрэххин уоруоҕум уоскуттан ууруоҕум
эн эрэ баар буолаҥҥын мин олохпор
тыыннаахпын толору дьоллоохпун
эн миэхэ кэл, куус
утары турабын ыл, тут
сүрэхпин букатын
өйбүн мин сүтэрэммин
дьоллонон көтөн хаалыах эбиппин
эн миэхэ кэл, куус
утары турабын ыл, тут
сүрэхпин букатын
өйбүн мин сүтэрэммин
дьоллонон көтөн хаалыах эбиппин